МБУК «Хангаласская МЦБС»

«Тит — Аринская сельская библиотека
филиал 11»

PC (Якутия) Муниципальный район «Хангаласский улус» с. Тит-Ары

    Главная

Сэтинньи ый Байанай ыйа

  • 04.11.2026
  • 61

*❄️Сэтинньи ый — Байанай ыйа* Сэтинньи ый — Баай Байанай ыйа. Сахалар биир саамай ытыктыыр, сүгүрүйэр ыйбыт. *🌿Сэтинньи ый алгыһa* һук, һук,һук! Дьолуону тосхойооччу, өлгөмү биэрээччи, хара тыа хаһаайына, тумул тыа тойоно, кыһыл саһыл кымньыылаах, ой буур оонньуулаах, көй боллох сэксэ олохтоох, сөҥ сөгөлөөн тусаһалаах, эһээ диэтэххэ, эһээ диэччи, бардам тутуу, барылы кэскил, Барылаах Баай […]

Хаҥалас

  • 16.10.2026
  • 82

Хаӈалас тургутук оонньууга Оонньоо Таай Кыай Билиигин хаӈат https://konstruktortestov.ru/test-85227

КЫЫС БАТТАҔА СУОЛТАТА ТУГУЙ?

  • 09.10.2026
  • 72

Кэнники кэмҥэ аныгы оҕо кыргыттара араас дьүһүннээх, кырынан кылгас баттахтаах эбэтэр уһун баттаҕы ыһына сылдьар буолаллара кистэлэҥ буолбатах. Бу муоданы эккирэтии көстүүтэ да диэххэ сөп, оҕо бэйэтин көрдөрөр ньыымата да диэххэ сөп (самовыражение). Бэйэм эмиэ оҕо сылдьан баттах ыскайдаммыт, бөрөчүөскэ уларыппыт, кырааскаламмыт эмиэ кэмнэрдээх этим. Ол гынан баран анааран, ырытан, толкуйдаан бардахха манныгы этиэххэ сөп. […]

Тэлгэһэни арчылааһын сиэрэ-туома

  • 24.09.2026
  • 69

Дьиэни, хотону арчылаан баран, таһырдьа тахсан, тэлгэһэни ыраастыахха сөп. Илин диэки хайыһан туран үрүҥ сылгы сиэлин эбэтэр этиҥ түспүт маһын уматан, кириэс охсон баран, күрүө түөрт баҕанатыгар кистии кыбытыллар. Ол кэннэ сир хаһан, этиҥ түспүт маһын туруору анньыллар. «Тэлгэһэҕэ абааһы киирбэтин» диэн күрүө ааныгар түөрт маһы кыбытан кэбиһэллэр. Сарсыҥҥы күнүгэр били уматыллыбыт сиэли, «этэҥҥэ буоллун» […]

👶🏻 Оҕо төрүүрүгэр сиэр-туом

  • 18.09.2026
  • 64

Киһи олоҕун устата үс улахан сиэри-туому ааһар: төрөөтөҕүнэ, ыал буоларыгар, өллөҕүнэ. 👶🏻 Оҕо төрүүрүгэр сиэр-туом Саха итэҕэлигэр киһиэхэ ордук чугас айыылартан Айыыһыт буолар. Былыргы саха киһитэ кинини нэлэгэй саҥыйахтаах, эҕэтэйдии кэппит бэргэһэлээх дьахтар гынан көрөрө. Кинини аһыныгас санаалаах, сымнаҕас илиилээх, үөрүнньэҥ майгылаах дииллэрэ. Киһини олоҕун устатын тухары араҥаччылыыр, олох очурдарын туоруурга күүс-кыах биэрэр аналлаах. Айыыһыт […]

👶🏻Оҕо төрүүрүгэр

  • 16.09.2026
  • 62

Устуоруйа билимин хандьыдаата, этнограф Наталья Ксенофонтовна Данилованы кытта оҕо төрөөтөҕүнэ оҥоһуллар сиэр-туом туһунан кэпсэттибит. Оҕо кутун биэрэр Айыыһыт Хотун бастакы халлааҥҥа олорор. Ынах, сылгы, ыт эмиэ туспа Айыыһыттаах. Ыт Айыыһыта Нэлбэй Айыыһыт диэн ааттаах. Ыт төрөөтөҕүнэ кыайан оҕоломмот дьахтар ыты кытта биир иһиттэн аһыыр. Саҥа төрөөбүт ыкка саҕынньаҕын кэтэрдэр. Ол ыт айыыһытын олоон ылыы дэнэр, […]

Сахалыы кээмэй

  • 14.07.2026
  • 96

Сахалыы кээмэй Уһуну кэмнээһин. Уһуктаах сүөм — сөмүйэлээх эрбэҕи атыччы туттубут кэннэ эрбэх төбөтүттэн сөмүйэ төбөтүгэр диэри кээмэй (16-17 см.) Муҥур сүөм — сөмүйэни орто сүһүөҕүнэн токуччу тутан баран ууруллубут сүөм (13 см.) Харыс — эрбэх уонна ортоку тарбах икки ардын устата. Ыллар харыс — төһө кыалларынан күүскэ баттаан кэмнээһин. Бөрсүөк — тарбах ортоку сүһүөҕэ […]