Бэс ыйа- үрүҥ айыы тойон ыйа
- 05.06.2026
- 2
МБУК «Хангаласская МЦБС»
PC (Якутия) Муниципальный район «Хангаласский улус» с. Тит-Ары

Айыы – аан бастаан айыллыбыт үрдүк күүс. Айыылар сири-дойдуну, киһини-сүөһүнү, көтөрү-сүүрэри, үөнү-көйүүрү барытын айбыттар. Үөһээ илин халлааҥҥа олороллор. Онно үс халлаан Орто дойдуга намылыйан түһэллэр, ону «сатыы халлаан» дииллэр.🎨 Туйаара Стручкова уруһуйа: @tyiaarartБилиигитин доҕотторгутун кытта үллэстиҥ.Болҕомтоҕут иһин махтал🙌🏻
Бу ыйга төрүүр-ууһуур олох, тускуланар. Ыал, дьиэ кэргэн соргута улаатар. Сибэ уот оттуллар, Ийэ Маска кут тохтуур. Айыыһыт хотун кэлэр. Айыыһыт иччитэ Көтөҕөөччү ийэ кинини көрсөр. Билгэтэ: Муус устар ый күнүнэн-дьылынан саас төһөҕө кэлэрин, сайын хайдах буолуон өссө чопчулууллар. Муус устарга буолбут ириэрии кэлэр ыйга хатыланар. Ити кэмҥэ сир хараарар. Чалбах томточчу тоҥор буоллаҕына, өҥ […]
▪️ Оһоххун арыылаах алаадьынан аһата сылдьыахтааххын — уот иччитэ үөрэр.▪️ Оһоххо ас тобоҕун, бөҕү-саҕы бэриллибэт. Уот иччитэ кыыһырыан сөп.▪️ Алтаттан киэһэ муостаҕын харбаама-сууйума — дьоллоох суолгун харбыаҥ.▪️ Кыра оҕо сыыллан улаатара үчүгэй, олоҕун суолун оҥостор дииллэр.▪️ Оҕо сыылла сылдьан сиртэн ону-маны айаҕар угарын бопсума. Иммунитетын сайыннарар.Хайа да эмтээ5эр туһалаах.▪️ Кыыһыра-кыыһыра астаама, оннук ас киһиэхэ иҥмэт.▪️ […]
Уһуну кэмнээһин. Уһуктаах сүөм — сөмүйэлээх эрбэҕи атыччы туттубут кэннэ эрбэх төбөтүттэн сөмүйэ төбөтүгэр диэри кээмэй (16-17 см.) Муҥур сүөм — сөмүйэни орто сүһүөҕүнэн токуччу тутан баран ууруллубут сүөм (13 см.) Харыс — эрбэх уонна ортоку тарбах икки ардын устата. Ыллар харыс — төһө кыалларынан күүскэ баттаан кэмнээһин. Бөрсүөк — тарбах ортоку сүһүөҕэ (4,4 м.) […]