МБУК «Хангаласская МЦБС»

«Тит — Аринская сельская библиотека
филиал 11»

PC (Якутия) Муниципальный район «Хангаласский улус» с. Тит-Ары

    Гавриил Васильевич Ксенофонтов

    • 20.02.2023
    • 144

    Гавриил Васильевич Ксенофонтов (15.01.1888—28.08.1938) — саха учуонайа, биллиилээх историкэтнограф, политическай, общественнай диэйэтэл

    Олоҕун олуктара

    1888 сыллаахха тохсунньу 4 күнүгэр (урукку истиилинэн), саҥа истиилинэн тохсунньу 15 күнүгэр, Арҕаа Хаҥалас улуус Төрдүс Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүт. 1912 сыллаахха Томскайдааҕы университет юридическай факультетын бүтэрбитэ. 1913—1917 сс. Дьокуускайга итэҕэллээх присяжнай быһыытынан үлэлээбитэ.

    1920—1923 сс. Иркутскайдааҕы университекка үлэлээбитэ. Чинчийиилэригэр матырыйаал хомуйаары маннык экспедициялары тэрийбитэ:

    1921 с. — Саха Сирин киин улуустарынан.

    1923—1924 сс. — Өлүөнэ уонна Өлөөн өрүстэринэн.

    1925—1926 сс. — Дьокуускай-Арҕаа Хаҥалас-Бүлүү уокуруга-Чуона-Ербогачен-Аллараа Тунгуска-Красноярскай-Хакасия-Арҕаа Бүрээтийэ.

    1928 сылтан Иркутскайга олорбута. 1930-с сылларга Саха АССР Совнаркомун научнай-чинчийэр институтугар үлэлээбитэ. Ити кэмҥэ «Эллэйада» уонна «Урааҥхай сахалар» диэн улахан үлэлэрин бэлэмнээбитэ. «Эллэйада» — Эллэйгэ аналлаах, Эллэй туһунан былыргы үһүйээннэр. Ити кинигэ илиинэн суруллубутун 1965 сыллаахха П. Е. Ефремов итэҕэли утарар литература архыыбыттан булан, 1977 сыллаахха бэчээттэммитэ. «Урааҥхай сахалар» диэн сахалар былыргы устуоруйаларын туһунан очеркалар аан бастаан 1937 с. бэчээттэммитэ.

    Г. В. Ксенофонтов 1937 сыллаахха Дмитров куоракка көспүтэ. Онно олорон «Урааҥхай сахалар» иккис туомун бүтэрбитэ.

    1938 с. муус устар 22 к. кинини Москва чугаһынааҕы Дмитров куоракка үлэлии олордоҕуна «сахалар дьыалаларыгар» П. А. Ойуунускайы кытта тутан ылан хаайбыттара. 1938 с. атырдьах ыйын 28 к. ССРС Үрдүкү Суута үспүйүөннээһин иһин буруйдаан ытарга уураахтаабыта уонна ити күн ытыллыбыта. Көмүллүбүт сирэ — «Коммунарка» диэн НКВД полигона. 1957 с. атырдьах ыйын 22 к. ССРС Үрдүкү Суутунан сырдык аата тиллибитэ.

    Г. В. Ксенофонтов аатын Покровскай куоракка баар кыраайы үөрэтэр түмэл сүгэр.

    Үлэлэрэ

    Изображения на скалах реки Лены в пределах Якутского округа // Бурятоведение. 1927. № 3/4. — С. 64—70;

    Легенды и рассказы о шаманах у якутов, бурят и тунгусов: (Материалы о мифологии урало-алтайских племен в Северной Азии). — Иркутск, 1928 (переиздано: М., 1930);

    Хрестес, шаманизм и христианство: (Факты и выводы). — Иркутск, 1929;

    Культ сумасшествия в урало-алтайском шаманизме: (К вопросу об умирающем и воскресающем боге). — Иркутск, 1929;

    Пастушеский быт и мифологические воззрения народов классического Востока. — Иркутск, 1929;

    Расшифровка двух памятников орхонской письменности из западного Прибайкалья — М. Рэзэненом // ЯМ. 1933. — Т. 1. — С. 170—173;

    Ураангхай-сахалар: Очерки по древней истории якутов. — Т. 1. — Иркутск, 1937 (2-е изд.: Якутск, 1992);

    Эллейада: Материалы по мифологии и легендарной истории якутов. — М., 1977; Переиздано: Якутск, 2005

    Шаманизм: Избранные труды. Якутск, 1992.

    Аатын үйэтитии

    Хаҥалас улууһугар кини аатын кыраайы үөрэтэр музей уонна Тиит Аpыы орто оскуолата сүгэллэр.

    Г. В. Ксенофонтов туһунан:

    Хороших П. О докладе Г. В. Ксенофонтова «Завоевание якутами территории Якутской области и отражение этого в богатырском эпосе и в изображениях на скалах по р. Лене» // Власть труда. 1922. № 69 — 708;

    О работе этнографа Г. В. Ксенофонтова // Ксенофонтов Г. В. Ураангхай-сахалар: Очерки по древней истории якутов. — Т. 1. — Иркутск, 1937. — С. 3—11;

    Николаев И., Ушницкий И. Центральное дело: Хроника сталинских репрессий в Якутии. — Якутск, 1990. — С. 78—81; РВост. № 4. — С. 125;

    Иванов В. Н. «Ураангхай-сахалар» Г. В. Ксенофонтова // Ксенофонтов Г. В. Ураангхай-сахалар: Очерки по древней истории якутов. — Т. 1, кн. 1.— Якутск, 1992. — С. 5—10