МБУК «Хангаласская МЦБС»

«Тит — Аринская сельская библиотека
филиал 11»

PC (Якутия) Муниципальный район «Хангаласский улус» с. Тит-Ары

    • Главная
    • Новости
    • Григорий Лукин: «Үөрдүм, долгуйдум, Владимир Путинтан бириэмийэ ылан…»

    Григорий Лукин: «Үөрдүм, долгуйдум, Владимир Путинтан бириэмийэ ылан…»

    • 18.01.2024
    • 46

    Тохсунньу 16 күнүгэр Москваҕа «Малая родина — сила России» диэн дойду президенэ Владимир Путин көҕүлээһининэн тэриллибит Бүтүн россиятааҕы муниципальнай тэриллиилэр бастакы форумнарын чэрчитинэн «Служение» муниципальнай үлэһиттэргэ бириэмийэни туттарыы буолла. Онно 18458 сайаапка биэрбит киһиттэн тоҕус иһигэр киирэн Хаҥаластан Тиит Арыы нэһилиэгин баһылыга Григорий Лукин «Судьба человека — гордость Отечества» диэн» анал аат лауретатынан буолла.

    Үтүө сонуну истэн сибээстэһэ сырыттым, ситиһиинэн эҕэрдэлээтим.
    — «Үөрдүм, долгуйдум, лауреат аатын ылан! Дойду салайааччытын кытары анал көрсүһүүгэ ыҥырыллан сырыттым, ыллыктаах тылын иһиттим. Бу миэхэ, ыраах Саха сириттэн тыа сирин киһитигэр, улахан чиэс уонна бочуот! Бу элбэххэ эбээһинэстиир. Мин туспар куоластарын биэрбит бар-дьоммор махтал буоллун!» — диэтэ Григорий Лукин.

    Санатан эттэххэ, Хаҥаласка быыбарга иккис болдьоҕор баһылыгынан талыллан үлэлии сылдьар киһи. 2018 сыллаахха Григорий Дмитриевич халаан уута кэлэн турдаҕына сүөһүнү арыыттан муостанан туоратан иһэн муустаах ууга түспүт биир дойдулааҕын кэнниттэн ыстанан түһэн өлөр өлүүттэн быһаабыт хорсун, нэһилиэгин туһугар элбэхтик үлэлээбит, түбүгүрбүт эдэрчи киһи буолар.

    Людмила Аммосова.

    Источник: ханаласгазета.рф