МБУК «Хангаласская МЦБС»

«Тит — Аринская сельская библиотека
филиал 11»

PC (Якутия) Муниципальный район «Хангаласский улус» с. Тит-Ары

ОЛУННЬУ — ОДУН ХААН ЫЙА

  • 04.02.2026
  • 41

Одун Хаан олунньуга сиргэ чугаһыыр, киһиэхэ сүрү биэрэр. Сүр диэн олоҕу тутар, олох олорор күүс. Итини киһи айылҕаттан ылар. Одун ыйыгар өбүгэлэрбит сүрү күүһүрдэр алгыс этинэллэрэ. Тыл күүһүн итэҕэйэр, алгыһы ылынар киһиэхэ алгыс күүһэ хайаан да тиийэр. Олунньуну Хомуһун ыйа диэн эмиэ ааттыыллар. Ол эбэтэр этэр тыл ис чиҥэ, иччитэ, күүһэ. Этэр тыл иччилээх, күүстээх. […]

Олунньу ый билгэтэ

  • 04.02.2026
  • 13

🌖 Олунньу ый билгэтэ. Олунньу – Одун Хаан ыйа. Одун Хаан олунньуга сиргэ чугаһыыр, киһиэхэ сүрү биэрэр. Сүр диэн олоҕу тутар, олох олорор күүс. Итини киһи айылҕаттан ылар. Одун ыйыгар өбүгэлэрбит сүрү күүһүрдэр алгыс этинэллэрэ. Тыл күүһүн итэҕэйэр, алгыһы ылынар киһиэхэ алгыс күүһэ хайаан да тиийэр.Олунньуну Хомуһун ыйа диэн эмиэ ааттыыллар. Ол эбэтэр этэр тыл […]

Сэтинньи ый – Баай Байанай ыйа Саха биир саамай таптыыр ыйа

  • 07.11.2025
  • 160

Сэтинньи – Байанай ыйа.Сэтинньи ыйы ыам ыйа батыһар.          Байанай – сахалар биир саамай сүгүрүйэр иччилэрэ. Кини – баай хара тыа иччитэ, оту-маһы харыстыыр, кыылы-сүөлү үөскэтэр. Онон өбүгэлэрбит Байанайы булду-алды кытта ыкса сибээстииллэрэ. Түүс сирэйдээх, кыыл тириитэ таҥастаах, кыһынын хайыһарынан сылдьар, олус үөрүнньэҥ. Булчут киниэхэ анаан уотун аһатар буоллаҕына, булчукка бэрсэр.         Сэтинньигэ түүмэх түһэн барар. Түүмэх диэн […]

Күнүс уонна киэһээ буолар сиэр туом уратыларын туһунан кэпсиэм.

  • 17.10.2025
  • 57

Онон ыһыахха эрэ буолбакка, хас өрөбүл аайы, хас биир улууска, хас биир бөһүөлэккэ, дьиэ кэргэҥҥэ күҥҥэ сүгүрүйүү сиэрэ-туома ыытыллара буоллар, дьэ кырдьык сырдык элбээн, айылҕабыт, ийэ сирбми тыын ылан уйгу-быйаҥ, дьоллоох олох кэлиэ этэ. Алгыс диэн «Аал тылы ыс» диэн буолар. Аал диэн куйаарга аан маҥнай олох баар буолуоҕуттан кэлбит тыл, ол эбэтэр судургу өйдөбүлэ […]

Сахалыы сиэр-туом.

  • 17.10.2025
  • 90

Остуолгар кирдээх иһити-хомуоһу хаалларыма-түүн абааһы кэлэн аһыыр. Сарсыарда тураат, ороҥҥун хомуй,абааһы сыппатын диэн.

Алтынньы ыйга «Хотой Айыыга» аналлаах ыйдааҕа сиэр-туом ыытыллар.

  • 17.10.2025
  • 51

Алтынньы ыйга айылҕа киһини, дьону-сэргэни түмэр күүһэ сиргэ чугаһыыр.Алтынньы ый алтыс ый буолар, ол аата алтыс, тумус, түмсүүлээх буол диэн өйдөбүллээх. Дьону-сэргэни кытта, ийэ сиргин кытта сөпкө алтыс диэн айылҕа анаабыт кэмэ. Алтыһар кэм, түмсэр, түмүллэр, сомоҕолоһор кэм.Хотой Айыы аана — киһи өрөһөтө. Өрөһө киһи ис күүһүн салайар, түмэр. Түлүннэрэр эбэтэр үрэйэр.Бу кэмнэ боотурдар мустаннар […]

Алтынньы ый билгэтэ

  • 17.10.2025
  • 26

Алтынньы — Хотой Айыы ыйа Алтынньыга кыһыны уонна кэлэр сааһы билгэлииллэр. Алтынньы ыйы муус устар ый батыһар. Куобах маҥхайар. Эрдэ маҥхайдаҕына кыһын эрдэлиир. Кутуйах уйатыгар элбэх оту мунньуннаҕына кыһына тымныы буолар. Тииҥ көһөр. Алтынньы 1 күнэ — туруйа үөрэ соҕуруу көттөҕүнэ, алтынньы 14-гэр диэри тымныы түһэр. Алтынньы 7 күнэ — күн ат хаамыытынан кылгыыр. Алтынньы […]