МБУК «Хангаласская МЦБС»

«Тит — Аринская сельская библиотека
филиал 11»

PC (Якутия) Муниципальный район «Хангаласский улус» с. Тит-Ары

    Кулун тутар 21 күнэ – Аан дойдутааҕы Поэзия күнэ

    • 21.03.2023
    • 116

    Хоһоонунан киһи бэйэтин санаатын, иэйиитин, аан дойдуну анаарыытын сааһылаан, тэтими наардаан, табыгастаах гына дьүөрэлээн, олус ураты тыыннаах, туспа эйгэлээх уус-уран айымньыны суруйан таһаарар…

    Ол курдук, бүгүн Поэзия күнүгэр эһиэхэ, ааҕааччыларбытыгар, Тиит Арыы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үтүѳ-мааны Далбар хотун, убаастыыр, ытыктыыр киhибит, Людмила Ефимовна Аммосова, хоһооннорун киэӊ эйгэҕэ таһаарабыт.

    Олох түгэнин хоһооӊӊо тиһэммин…

    Людмила Ефимовна Аммосова 1945 сыллаахха бэс ыйын 7 күнүгэр бастакы оҕоннон күн сирин кѳрбүтэ. Бииргэ тѳрѳѳбүттэр аҕыстар, 3 кыыс, 5 уол. Ыал улахан оҕото буолан бырааттарын, балтыларын кѳрсѳн улаатыннартаабыта. Оскуоланы бүтэрэн, иитээччи идэтин ылан, 1965 сыллаахха Харыйалаах уһуйааныттан үлэтин саҕалаабыта. Эдэр специалист туох баар нэһилиэк общественнай үлэтигэр,  олоҕор-дьаһаҕар ылсан үлэлэспитэ.

    1980-1987сс. «Кэнчээри» уһуйаан сэбиэдиссэйинэн ситиһиилээхтик үлэтин сал5аабыта.

    1987 сыллаахха сельсовет председателинэн,  1992-1996 сылларга Тиит Арыы олохтоох дьаһалта баhылыгынан үлэлээбитэ.

    Кэргэнинээн, Иван Романовичтыын, 50 тахса сыл эйэ-дэмнээхтик нус-хас олорон оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин бүѳбэйдээн, үѳрэттэрэн, хас биирдиилэригэр күүс-кѳмѳ, сүбэ-ама буолан,  оҕуруот аһын арааһын олордон, сүѳһү ииттэн олоҕун тиһэх күнүгэр диэри олорбута.

    Людмила Ефимовна кѳхтѳѳх, эппиэтинэстээх, нэһилиэк туhа диэн олус кыаhаллар, кѳмѳлѳһѳр этэ,  «Кѳлүкэчээн» ырыа ансаамбылын биир тутаах киһитэ, общественник, оҕуруотчут, ону таһынан иэйиитэ киирдэҕинэ хоһоон айан дьонун-сэргэтин үѳрдэрэ. Кини хоһооннорун олус долгутуулаахтык, дорҕооннохтук араас тэрээһиннэргэ, түмсүүлэргэ ааҕаара.

    «Олох түгэнин хоһооӊӊо тиһэммин…» диэн хоһоонун хомуурунньугун оҕолоро 2015 сыллаахха 70 сааһыгар бэчээттээн таһааттарбыттара.

    Людмила Ефимовна педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Тиит Арыы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үгүс элбэх мэтээл, махтал сурук хаһаайына, «Педагогическая Слава Хангаласского улуса», «Трудовая Слава земли Хангаласской» кинигэҕэ киирбитэ, сыаналаммыта.

    2021 сыллаахха ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ.