МБУК «Хангаласская МЦБС»

«Тит — Аринская сельская библиотека
филиал 11»

PC (Якутия) Муниципальный район «Хангаласский улус» с. Тит-Ары

    М.Д. Федоров — Ырыа Миисэ олоҕо уонна айар үлэтэ

    • 03.03.2023
    • 219

    Федоров Михаил Дмитриевич – Ырыа Миисэ 1929 сыллаахха кулун тутар 3 күнүгэр Арҕаа Хаӊалас улууһугар 3-с Малдьаҕар, билиӊӊитэ Тиит-Арыы нэһилиэгэр, дьадаӊы кэргэӊӊэ тѳрѳѳбүтэ. Ийэтэ Семенова Анна Петровна 7 ыйдааҕар ѳлѳн 5 саастаах убайынаан тулаайах хааланнар, аӊардас аҕаларын Федоров Дмитрий Васильевич кѳрүүтүгэр-истиитигэр улааппыттара.

    1937 сыллаахха Тиит-Арыы (3-с Малдьаҕар) сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үѳрэнэ киирбитэ. Бу оскуоланы 1944 сыллаахха 2-3-4-6-7 кылаастары ударник аатын ылан, ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. 1944-1945 сыллардааҕы үѳрэх дьылыгар үѳрэнэр кыаҕа суох буолан, совхозка үлэлээбитэ.

    1945-47с. Дьокуускайдааҕы педрабфакка үѳрэммитэ. Онтон салгыы үһүс сылын үѳрэниэҕин, доруобуйата мѳлтѳҕүнэн, быраастар кѳӊүллээбэтэхтэрэ, эмтэнэргэ сүбэлээбиттэрэ.

    1948 сыллаахха муус устар 15 күнүттэн Ворошилов аатынан колхоз кулуубугар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Бѳдѳӊсүйбүт Мамыков, Карл Маркс аатынан колхозтар уус-уран самодеятельноһын салайааччытынан ананан үлэлээбитэ.

    1960-61сс. Чкалов, 1962-63сс. Улахан-Аан, 1964-67сс. Тиит-Арыы, 1967-68сс. Хачыкаат, 1968-70сс. Ѳктѳм кулууптарыгар директорынан, 1970-71 сылларга культура отделыгар, 1971-76сс. Тиит-Арыы культуратын дьиэтигэр директорынан үлэлээбитэ.

    Доруобуйата мѳлтѳѳн 2 группалаах инбэлиит буолан, таптыыр идэтиттэн, 26 сыл үлэлээн баран, 1976 сыл сэтинньи 1 күнүттэн үлэттэн туораабыта.

    Михаил Дмитриевич – Ырыа Миисэ үтүѳ суобастаахтык үлэлээбит үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта. Ону маннык докумуоннар кэрэһэлииллэр:

    1957 сыллаахха от ыйын 27 күнүгэр I Республиканскай эдэр ыччат фестивалыгар лауреат аата иӊэриллибитэ.

    1962сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр ССРС культуратын миниистирин 525 нүѳмэрдээх бирикээһинэн «Туйгун үлэтин иһин» бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

    1963 сыллаахха от ыйын 9 күнүгэр Саха АССР Верховнай Советын ыйааҕынан «Саха АССР культуратын үтүѳлээх үлэһитэ» диэн бочуоттаах аат иӊэриллибитэ.

    1970 сыллаахха В.И. Ленин тѳрѳѳбүтэ 100 сылын туолуутугар «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

    1971 сыллаахха от ыйын 2 күнүгэр ССРС Верховнай Советын ыйааҕынан «Бочуот Знага» уордьанынан наҕараадаламмыта.

    Михаил Дмитриевич – Ырыа Миисэ 1961, 1965, 1973, 1975 сылларга олохтоох Сэбиэккэ депутатынан талыллан үлэлээбитэ.

    1984 сыллаахха 55 сааһын туолуутугар «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээлинэн, маны таһынан РСФСР, Саха АССР культуратын министерстволарын, ССКП обкомун грамоталарынан наҕараадаламмыта. Бу сыл кулун тутар ыйга Тиит-Арыы нэһилэгин бочуоттаах гражданинын аата сүктэриллибитэ.

    1988 сыл ахсынньы 19 күнүгэр Саха АССР Верховнай Советын ыйааҕынан «Персональный пенсионер» аата иӊэриллибитэ.

    Кини үлэтигэр ситиһиилэригэр тус бэйэтин айылҕаттан бэриһиннэрбит талаана уонна дьоҕура кѳмѳлѳспүтэ.

    Михаил Дмитриевич Федоров – Ырыа Миисэ 1992 сыллаахха тохсунньу 17 күнүгэр биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Аймах-билэ дьоно, оройуон культурата ыар сүтүктэммиттэрэ. Олохтон киһи үтүѳтэ, сэмэйэ, бэриниилээх үлэһит туораабыта. Михаил Дмитриевич сырдык мѳссүѳнэ биһиги сүрэхпитигэр үйэ-саас тухары мэлдьи тыыннаах буолуоҕа.

    Михаил Федоров төрүччүтэ