МБУК «Хангаласская МЦБС»

«Тит — Аринская сельская библиотека
филиал 11»

PC (Якутия) Муниципальный район «Хангаласский улус» с. Тит-Ары

Кэлэр 2026 сыл уот кыһыл ат сыла.

  • 22.12.2025
  • 45

Хайдах көрсөбүт? От күөх мас моҕойун сыла бүтэрэ номнуо биир ый хаалла.Онтон кэлэр 2026 сыл, илиҥҥи халандаарынануот кыһыл ат сыла буолар. Алаһа дьиэбитигэр дьол-соргу, уйгу-быйаҥ тосхойорун туһугар кэлэр сылы хайдах көрсөбүт?Тугу кэтэбит?Остуолбутун хайдах тардабыт? Уот кыһыл ат кытай гороскуобугар сэттис кыыл буолар — кини көҥүлү, эрчими, инники күөҥҥэ буолары ордорор.Онон кэлэр сыл уларыйыылары түргэнник ылынар […]

Сүбэлэр (Советы)

  • 22.12.2025
  • 30

2026 сыл — дьоһуннаах үлэ, ситиһии уонна туруктаах сайдыы сыла буолуоҕа! Бары үтүө сыалларгыт туоллуннар, дьол, эйэ дьиэҕитигэр баар буоллун!😍 Салгыы тар5ат🤗 Сүрэхтэ туруор❤️ Подпискалан🙌🏼 Тус бэйэ5эр прогноз оҥотторуоххун ба5арар буоллаххына «2026» диэн суруйан кэл🤗

Киһи ханнык ыйга төрөөбүтүнэн майгытын-сигилитин быһаарыы.

  • 27.11.2025
  • 100

Бу быһаарыылар эн майгыгар сөп түбэһэллэр дуо? Тохсунньу ыйга төрөөбүттэр Тоһуттар тымныы ааҥнаан, айылҕа иһийэн турдаҕына, күн сирин көрбүттэр, дьыл бу тыйыс кэмигэр дьүөрэлии чуумпулар, кэрэлэр. Дьоҥҥо-сэргэҕэ болҕомтолоохтор. Тохсунньу оҕолорун айыылара-аанньаллара арчылыы-араҥаччылыы сылдьаллар. Туох эмэ кыһалҕа тирээтэҕинэ, тутатына көмөлөһө-быыһыы охсоллор. Чолбон бэлиэлээхтэр, туораттан көрдөххө сымнаҕас үтүө майгылаахтар эрээри, өһүллүбэт кытаанах сүрүннээхтэр. Бэйэлэрин тустарыгар тугу да […]

Сахалыы кээмэй

  • 27.11.2025
  • 56

Уһуну кэмнээһин. Уһуктаах сүөм — сөмүйэлээх эрбэҕи атыччы туттубут кэннэ эрбэх төбөтүттэн сөмүйэ төбөтүгэр диэри кээмэй (16-17 см.) Муҥур сүөм — сөмүйэни орто сүһүөҕүнэн токуччу тутан баран ууруллубут сүөм (13 см.) Харыс — эрбэх уонна ортоку тарбах икки ардын устата. Ыллар харыс — төһө кыалларынан күүскэ баттаан кэмнээһин. Бөрсүөк — тарбах ортоку сүһүөҕэ (4,4 м.) […]

Сэтинньи ый – Баай Байанай ыйа Саха биир саамай таптыыр ыйа

  • 07.11.2025
  • 163

Сэтинньи – Байанай ыйа.Сэтинньи ыйы ыам ыйа батыһар.          Байанай – сахалар биир саамай сүгүрүйэр иччилэрэ. Кини – баай хара тыа иччитэ, оту-маһы харыстыыр, кыылы-сүөлү үөскэтэр. Онон өбүгэлэрбит Байанайы булду-алды кытта ыкса сибээстииллэрэ. Түүс сирэйдээх, кыыл тириитэ таҥастаах, кыһынын хайыһарынан сылдьар, олус үөрүнньэҥ. Булчут киниэхэ анаан уотун аһатар буоллаҕына, булчукка бэрсэр.         Сэтинньигэ түүмэх түһэн барар. Түүмэх диэн […]

Күнүс уонна киэһээ буолар сиэр туом уратыларын туһунан кэпсиэм.

  • 17.10.2025
  • 62

Онон ыһыахха эрэ буолбакка, хас өрөбүл аайы, хас биир улууска, хас биир бөһүөлэккэ, дьиэ кэргэҥҥэ күҥҥэ сүгүрүйүү сиэрэ-туома ыытыллара буоллар, дьэ кырдьык сырдык элбээн, айылҕабыт, ийэ сирбми тыын ылан уйгу-быйаҥ, дьоллоох олох кэлиэ этэ. Алгыс диэн «Аал тылы ыс» диэн буолар. Аал диэн куйаарга аан маҥнай олох баар буолуоҕуттан кэлбит тыл, ол эбэтэр судургу өйдөбүлэ […]

Сахалыы сиэр-туом.

  • 17.10.2025
  • 106

Остуолгар кирдээх иһити-хомуоһу хаалларыма-түүн абааһы кэлэн аһыыр. Сарсыарда тураат, ороҥҥун хомуй,абааһы сыппатын диэн.