МБУК «Хангаласская МЦБС»

«Тит — Аринская сельская библиотека
филиал 11»

PC (Якутия) Муниципальный район «Хангаласский улус» с. Тит-Ары

    СТАЛИНГРАД…

    • 03.02.2023
    • 242

    Сүдү кыайыы. Бүтүн Аан дойду кэскилин быһаарбыта.
    Россия байыаннай историятыгар 1943 сыл олунньу 2 күнэ биир саамай улахан суолтаны ылар Кыһыл Армия Сталинградка фашист армиятын урусхаллаабыта. Фельдмаршал Паулюс баһылыктаах 24 генерала, 2500 офицера, 91 тыһыынча саллаата билиэн бэриммиттэрэ. Ити күнтэн ыла Гитлер арбаммыт аармыйатын күнэ өлбөөдүйбүтэ. Кыһыл Армия өрөгөйдөөх Кыайыы суолугар үктэммитэ. Историктар иккис аан дойду сэриитин дьылҕатын быһаарбыт күнүнэн сыаналыыллар.
    Сталинград бу кыргыһыытын икки түһүмэххэ араараллар:

    1. 1942 сыл от ыйын 17 күнүттэн сэтинньи 18 күнүгэр.
    2. 1942 сыл сэтинньи 19 күнүттэн 1943 сыл олунньу 2 күнэ.

    Куораты дьоруойдуу көмүскээһин үс ый устата барбыта. Сэбиэскэй саллааттар туохха да холоммот хорсун быһыылара өстөөх кыаҕын эспитэ.
    Дойду дьылҕатын быһаарар Сталинград кыргыһыыта саҕаламмытыгар, Эмиэрикэттэн Лендлиз быһыытынан сөмөлүөттэри көтүтэн аҕалан Аляска — Сибиир салгын трассата аһыллыбыта, тыраасса киинэ Дьокуускайга олохтоммута.
    13-с гвардейскай- стрелковай дивизия састаабыгар албан аатырбыт артиллерист Гавриил Протодьяконов сэриилэспитэ.
    Суруйааччы С.А.Саввин — Күн Дьирибинэ 3 степэннээх Албан Аат уордьанынан наҕараадаламмыта.Сэрии бүтүүтэ генерал-майор буолбут А.И.Притузов Сталинград сэриитигэр 14-с стрелковай корпус штабын начальнига этэ. Кини корпус байыаннай чаастара сөпкө аттарыллан турууларыгар улахан кылааты киллэрбитэ.
    Хаҥалас улуустан бу кыргыһыыга 47 киһи кыттыбыта. Олортон «За оборону Сталинграда» диэн мэтээлгэ 12 киһи тиксибитэ.

    Онтон биһиги Тиит-Арыы, Чкалов, Харыйалаах нэһилиэктэн бу улуу куорат көмүскэлигэр сырдык тыыннарын толук уурбуттара:

    Фото Платонов Платон Александрович

    🏅 Платонов Платон Александрович, 1920 с.т. Мархаҕа комсомольскай тэрилтэ секретарынан үлэлии сылдьан 1941 с. ыҥырыллыбыта, хаһан ханна көмүллүбүтэ биллибэт.

    Фото Фёдоров Тимофей Ильич

    🏅 Фёдоров Тимофей Ильич, 1920 с.т., 1942 с. ыҥырыллыбыт, Сталинград куоракка көмүллүбүт.

    Фото Голоков Семён Петрович

    🏅 Голоков Семён Петрович, 1921 с.т., 1942 с.ыҥырыллыбыт, ол сыл сэриигэ ылбыт бааһырыытыттан өлбүт, Волгоград уоб. братскай могилаҕа көмүллүбүт.

    🏅 Макаров Николай Петрович, 1921 с.т., 1942 с ыҥырыллыбыт, ол сыл сэриигэ өлбүт, Волгоград уоб.көмүллүбүт.

    Фото Шилов Вячеслав Дмитриевич

    🏅 Шилов Вячеслав Дмитриевич, 1915 с.т., 1942 с.Тиит-Арыы почтатын начальнигынан үлэлии олорон ыҥырыллыбыт, ити сыл сэриигэ өлбүт, Волгоград уоб.көмүллүбүт.

    Дойдуларыгар Кыайыы көтөллөөх эргиллэн, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьан олохтон туораабыттара.

    Фото Григорьев Михаил Дмитриевич

    🏅 Григорьев Михаил Дмитриевич, 1921 с.т., 1942 с.ыҥырыллыбыта, ол сыл улаханнык бааһыран эргиллибитэ.

    Фото Ефремов Дмитрий Романович

    🏅 Ефремов Дмитрий Романович, 1921 с.т., 1942 с.ыҥырыллыбыта, 1943 с.улаханнык бааһыран эргиллибитэ.

    Фото Сухарев Михаил Николаевич

    🏅 Сухарев Михаил Николаевич, 1918 с.т., 1942 с.ыҥырыллыбыта, 1945 с.эргиллибитэ.

    Сталинградтааҕы кыргыһыы 200 күннээх-түүн тохтоло суох барбыта. Оччолорго Сталинградтан Саха сиригэр төһөлөөх элбэх үс муннуктаах хара суруктар кэлбиттэрэ буолуой… Ол эрээри биһиги, тыыннаахтар ити алдьархайдаах түгэни умнуо суохтаахпыт, эдэр ыччакка санатыах, өйдөтүөх тустаахпыт.

    1965 с. ыам ыйын 8 күнүгэр Сталинград куораты көмүскээһиҥҥэ норуот хорсун быһыытын үрдүктүк сыаналаан Дьоруой-куорат аатын иҥэрбиттэрэ.

    1967 с. алтынньы 15 күнэ — Волгоград (урукку Сталинград) куорат устуоруйатыгар бэлиэ күн. Сталинград дьоруойдарыгар анаан Мамай булгунньаҕар ансаамбыл пааматынньык аһыллыбыта. Мамай булгунньаҕар (Мамаев курган) ыстаап каартатыгар 102-с үрдэлинэн бэлиэтэнэ сылдьыбыта. Бу булгунньах 135 күннээх түүн кыргыһыы уотунан оргуйан, Сталинград көмүскэлин саамай итии туочукатынан ааттаммыта. Манна алта скульптурнай композиция 200 күннээх түүн кыргыһыылар араас түгэннэрин көрдөрөллөр.

    Сталинград иһин кыргыһыы хайдахтаах улахан сиэртибэнэн ситиһиллибитин умнарбыт сатаммат.
    Умнубаппыт, өйдүүбүт, махтанабыт!