МБУК «Хангаласская МЦБС»

«Тит — Аринская сельская библиотека
филиал 11»

PC (Якутия) Муниципальный район «Хангаласский улус» с. Тит-Ары

Ыраастаныы

  • 17.10.2025
  • 37
  • Ыраастаныы диэн ыарыы күлүгүн, дьон куһаҕан тылын, хара санаатын тэйитии.
    Киһи киртэн дьайтан ыраастанарга дьулуһар. — Куһаҕаны санаатаххына, эттэххинэ, көрдөххүнэ:
    «Кый», — диэн үүрэр куолу. — «Алыас» диэн бэйэни ыраастаныллар.
    «Арчы» диэн уотунан арчыланар, ыраастанар. — Абааһы, хара дьай киһи хаҥас өттүгэр сөрүөстэр кыдьыктаах.
    Ол иһин былргылар, куһаҕаны дьалбарытан, хаҥас санныларын нөҥүө үстэ силлээн баран кириэс охсуналлара.
  • Хому, чуораан, симэх тимиритэн, үрүҥ көмүстэн оҥоһуллар.
    Тимир – айыы атарата буолан абааһыны, дьайы үүрэр.
  • Хомус тыаһа – ыраастыыр, харыстыыр суолталаах. Кыһыҥҥы кэмҥэ дөрүҥ дөрүҥ хомус охсон ыраастанар куолу.
  • Чуораан тыаһа иҥмит кири – хоҕу үтэйэргэ аналлаах. Дьиэҕэ киирэр сиргэ чуораан ыйаныахтаах.
    Киирбит киһи чуорааны тыаһатан, тыас таһааран ыраастанар, бэйэтиттэн кири – дьайы тэйитэр.
  • Саха киэргэлэ, симэҕэ барыта харыс суолталаах. Дьахтарга – бастыҥа, дьабака, ытарҕа, илин – кэлин кэбиһэр, бөҕөх.
    Эр киһиэхэ – кур, саха быһаҕа.